Сырыы аайы «дьэ, бүгүн хайаан да кэпсэтиэм, хайа муҥун, быһаарынарга сөп буолла» диэн оҥостон ахан тиийэбин. ГП, ол аата Глеб Павлович үлэтигэр кэллэ да, Кутателадзе хантан эрэ сүүрэн кэлэр, онно эбии ким эрэ баар буола түһэр, дьэ, табаахтыы-табахтыы, күлсэ-күлсэ ону-маны кэпсэтэн бараллар. Аны туран, кинилэр ырытар тиэмэлэрин үксүн өйдөөбөппүн, тыл да кыбытар кыаҕым суох. Тугу эмэ өйдүүрүм да буоллар, устудьуон уол туох диэн мээнэ саҥарыахпыный? Онон истибитэ буола олоробун, олоро сатаан баран, бибилэтиэкэ ааҕар саалатыгар дьөгдьөрүйэбин.
Хата, ити билигин дьикти киһи кэлэн барда дии Ол гынан баран, Арамаанап Акиловы кытта хайдах кэпсэтиэн сөбүн кыайан өйбөр оҥорон көрбөтүм.
Итинник ону-маны эргитэ саныы истэхпинэ, бэстэр оройдорунан бэркэ билэр киэҥ дьиэллигэһим арыллан кэллэ. Билигин институттар куба маҥан дьиэлэрэ дьэндэс гыныахтара. Институппар киирэн маҥнай отдел хоһун өҥөйө сылдьыам, онтон бибилэтиэкэбэр олоруом этэ.
* * *
Сарсыҥҥы күн үүннэ. Идэбинэн уону ааһыыта институппар тиийдим. Бибилэтиэкэҕэ олорбохтоон баран, уон биир чаас чугаһыырын диэки отделга киирбитим: үгэс курдук, ГП баар, кини тула икки-үс киһи тура-олоро сылдьан тугу эрэ ырыталлар, мөккүһэллэр.
Бэҕэһээ киэһэ уопсай дьиэ аптамаат-төлөпүөнүттэн Глеб Павлович дьиэтигэр эрийэн: «Саха сириттэн сылдьар биир киһи эйигин көрсөн кэпсэтээри гынар», диэбиппэр, оҕонньорум тугу да туоһуласпакка эрэ, судургутук «ради бога» эрэ диэн кээспитэ.
Иллэҥ олоппоһу ылан, муннук булан олорунан кэбистим, дьонум кэпсэтиилэрин истэ-истэ сэмээр кэтэһэбин.
Лоп курдук уон биир чааска, үүт-үкчү бэҕэһээҥҥи курдук, тыастаахтык тоҥсуйан лобугураттылар. Манна ааны тоҥсуйдахтарына да, сэрэнэн тобугуратар идэлээхтэр, онон бары «бу туох ааттаах кэллэ?!» диэбит курдук соһуйан, аан диэки мэлэс гыннылар.
Аан тэлэллэ түһээтин кытта Петр Аполлонович киирэн кэлэн, хаһан эмэттэн билэр курдук, чуо Глеб Павловичка илиитин уунна.
Здравствуйте! Вы Глеб Павлович?
Глеб Павлович, ленинградец, култуура быһа сиэбит киһитэ, туран тоҥхос гынна, илиитин уунан дорооболосто.
Добрый день! Я вас слушаю, илиитин нэлэс гыннаран, Петр Аполлоновиһы олорто, оҕонньору тула үмүөрүспүт дьон үрэл гыннылар.
Петр Аполлонович Романов, кандидат сельскохозяйственных наук. Я к вам с просьбой.
Петр Аполлонович «ытыктабыллаах Глеб Павловиһы Саха сирин науката сайдыытыгар бэйэтин кылаатын киллэрэригэр» ыҥырда, ол туһугар миигин, бу Иван Шамаевы, аспирантураҕа ылан, математикаҕа наука кандидатын бэлэмнииригэр көрдөһөн, мунньахтаан эрэр киһи курдук бэрт кимиилээхтик этэн-тыынан добдугуратта. Глеб Павлович сөбүлэһэр курдук кэтэҕэ эрэ кэҕиҥниир, ачыкыта килбэҥниир.