Кэтириис, эн улахан киһигин, ытаама. Мин күн сириттэн букатын баран эрэбин. Убайыҥ кэллэҕинэ, этээр: миигин үйэлээх сааһым тухары сүрэхпэр таптал оҥостон илдьэ сылдьыбыт урукку кэргэним Уйбаан бэйэтэ харайыах, көмүөх буолар. Онуоха улахан үөрүүлээх өлөн эрэбин. Көмүллэрбэр эһиги убайгынаан көмөлөһөөрүҥ. Оттон аҕаҕыт миэхэ чугаһаабатын. Мин кинини таптаабат этим. Оччоҕо алҕас олугу үктээбитим Онон дьиҥнээх тапталы билбэккэ, көрүнньүк олоҕу олорон аастым. Ол иһин оҕолорбор эһиэхэ кэриэс этэбин маҥнайгы ыраас тапталгытын киртитимэҥ, үйэлээх сааскытыгар харыстааҥ диэн.
Мачыана, мин эйигин дьиэбэр илдьэн, били маҥнайгы саас буолбутугар «сибэккилээх үчүгэй да томтор!» диэбит үрдэлгэр көмүөм. Кэнники бэйэм өллөхпүнэ, кэккэлэһиннэри көмнөрүөм этэ. Ону туох дии саныыгын? диэбитэ Лойут.
Мачыана күүһүн мунньан илиитин ууммута.
Олус үөрэбин. Кыахтаах буоллаххына, онно, таптыыр сирбэр, уонна бэйэҥ аттыгар көмө илдьэргэр олус баҕарабын, диэбитэ саҥа олоххо олоро баран эрэр, дьолломмут киһилии.
Билигин да сүгэр, көтөҕөр кыахтаахпын, онуоха эрэн, көмүс уҥуоххун көтөҕөн, бэйэм дойдубар көмүөм, диэн эрэннэрбитэ Лойут.
Ити киэһэ харыс да хамсаабакка, Лойут Мачыана аттыгар модьу бэйэтэ нөрүйэн, ыарахан санааҕа ылларан олорбута. Мачыана киэһэлик Бөлгөөнөй хантан эрэ кэлбитин холдьохпута: «Эн бааргына дууһам тахсыбат, кэбэлий!» Онтон Бөлгөөнөй барбытын кэннэ уһаабатаҕа, түүн үөһүгэр тиийбэккэ өлбүтэ. Лойут Мачыана өлүгүн сууйан, таҥыннарбыта. Сарсыарда эрдэ уолу кытта хоруобу оҥорбуттара. Сотору бүтэрэн, Мачыана өлүгүн онно укпуттара. Лойут хоруоптаах киһи өлүгүн сүгэн, сатыы хаама турбута. Кини кэнниттэн Уйбаан уол балтын акка мэҥэстэн айаннаабыта.
Лойут Мачыананы, эппитин-эрэннэрбитин курдук, дьиэтин аттынааҕы томторго көмпүтэ.
VI
Лойут иккис кэргэнин кытта олус эйэлээхтик олорбут. Ол эрээри оҕолоро суоҕуттан улаханнык мунчаараллар эбит. Быраатыттан ылбыт оҕолоро ууга өлбүттэриттэн ыла «таҥара соруйан уоппун салгыыр ыччаты биэрбэт киһитэ эбиппин, онон аны оҕону ылан ииттибэппит» диэн кэргэнигэр эппитэ. Онуоха кэргэнэ да утарсыбатаҕа.
Оҕо сааһыттан ыла сатыы сылдьарга үөрэнэн хаалан, атынан көлөлөнөрү сөбүлээбэт үһү. «Ат баҕайы бытаана уонна күүһэ да кырата бэрт. Мин билигин кыайарым тухары сатыы сылдьарым ордук. Бултаатахпына, булпун биирдэ сүгэн дьиэбэр аҕаллахпына олус үчүгэй курдук» диирэ үһү. Бултуу барарыгар быһахтаах эрэ буолара үһү, онуоха эбии маһынан сэбилэнэн аарыма тайаҕы, адьырҕа эһэни бултуура уонна дьиэтигэр бүттүүн сүгэн аҕалан баран, сүлэн, таҥастаан, астыыра үһү. Сороҕор уонча көстөөх сиртэн тайаҕы дьиэтин таһыгар үүрэн аҕалан, суон маһынан тайах атаҕын тосту охсон биитэр быраҕан охторон баран бултуура дииллэр. Сылга элбэх тайаҕы, кыылы уонна уу балыгын бултаан быраатын аахха көмөлөһөрө үһү. Дьаакып сэттэ оҕолоох буолан тиийиммэт эбит, онуоха куруук булдун аҥаарын биэрэн оҕолору иитиспит.
Лойут кыра дьону аһынар буолан, дьадаҥы ыалларга бойум аһы бэрсэрэ уонна ол иннигэр тугу да кинилэртэн ылбата үһү. Лойут олоҕуттан икки көстөөх сиргэ Чөмчөрдүүр Дьөгүөр диэн киһиргэс, күүһүмсүйэр киһи баар эбит. Кини кэргэнигэр кыыһырдар эрэ «төбөҕүн хайа тардан аҥаардыам» диэн хаһыытыыра. Ол курдук, атын дьоҥҥо кыыһыран «хайыта тардыам» диэн суоһурҕанара. Биирдэ Ырдьайар Сэмэн диэн чаабый киһи ыйыппыт:
Дьөгүөр, эн бэрт күүстээххин быһыылаах. Лойуттуун хайаҕыт ордуга буолуой?
Онуоха Чөмчөрдүүр толкуйдуу да барбатах, этэн чабырҕаабыт:
Хайа, Лойут да оннук улахан күүстээх үһүө? Хаһан эрэ тайах оҕотун сүкпүтүнэн сураҕыран эрдэҕэ.
Ону хойут Ырдьайар Сэмэн Лойуту көрсөн кэпсээбит.
Хайа, эдэр киһи күүстээх буолумуна, сөпкө эппит. Мин аһыыр аспын эрэ сүгэр киһибин. Кини ордуга чахчы буоллаҕа.
Кини ити кэмҥэ 40-ча саастаах үһү, онон күүһэ-уоҕа мөлтүү илигэ. Биир аарыма буур тайаҕы бултаан баран, көстөн ордук сиргэ сүгэн аҕалан, дьээбэлэнэн, Чөмчөрдүүр аһы уурар араҥаһын үрдүгэр ууран кэбиспит. Дьиэҕэ холкутук хааман киирэн дорооболоспут. Сылайбыт-илистибит көрүҥэ суоҕа, дьиэлээхтэри кытта кэпсэтэ-кэпсэтэ чэй испит. Онтон бүтэн быраһаайдаһан баран тахсаары туран: «Дьөгүөр, эйиэхэ тайах оҕотун бултаан аҕалан араҥаһыҥ үрдүгэр уурдум. Ону түһэрэн сүлүнэн астаныҥ. Эйигин бэрт кыайыгас киһи дииллэр, онон тайах оҕотун кыайбат үһүгүөн!»
Чөмчөрдүүр күүстээххин дэтэн харыс үрдүү түспүт. Аарыма тайаҕы сиргэ түһэрээри туох баар күүһүнэн мөхсө сатаан кэбиспит. Кыайбатах. Кыыһыран-абаккаран ойоҕор үөгүлээбит:
Аҥааргын хайа тарда иликпинэ, сүгэтэ аҕала оҕус!
Мэ, миигин эрэ хайа тардар күүстээххин! ойоҕо дьиэ аанын аһаат, сүгэни таһырдьа кыыраппыт.
VII
Лойут алта уон сааһын ааспытын кэннэ үһүс кэргэнигэр олорбута. Иккис кэргэнэ эмискэ ыалдьан өлбүтэ. Ону оччотооҕу ойууттар «оннук-маннык абааһы үөр буолан киирэн сиэтэ» диэн көрүүлэнэллэрэ. Кини ону тоҕо эрэ итэҕэйиэх санаата кэлбэт этэ. Куруутун ыар баттык буолан, иккис кэргэнин өлүүтэ өйүттэн ааспакка муҥнуура. Аанча эдэр сааһыгар аатырбыт үлэһит, дьоҥҥо-киһиэхэ барытыгар аламаҕай санаалаах үтүөкэн дьахтар үһү. Кэрэ бэйэлээх дьахтар икки хонук иһигэр ыалдьан, күн сириттэн өлөн туораабыта. Онно ыксаан, маҥнай улаханнык ыалдьыбытыгар Дуудакаан ойууну ыҥыртарбыттара. Онуоха кэлэн кыыран араастаан дьүһүлэммитэ: «Урукку кэргэниҥ Мачыана эйигин өһүөннээн, үөр буолан кэлэн буулаабыт. Билигин кинини үүрэр кытаанах, арай ити сүүһүгэр туоһахталаах тыһаҕаһы өлөрөн, хаан таһааран алҕаатахха, хайыа эбитэ буолла? Сибилигин тахсан, тус арҕаа хайыһыннаран баран, тыһаҕаһы сүгэнэн охсубакка, быһаҕынан өлөрүҥ! Мин ол кэмҥэ үөр буолбут үлүгэрдээх абааһыны үтэйэн көрүөм», диэбитэ. Лойут быраатын уолун кытта тахсан тыһаҕаһы, ойуун эппитин курдук, силигин ситэрэн хабарҕатын быһаҕынан быһан өлөрбүттэрэ. Ойуун сарсыарда тыһаҕас аҥаарын соболоҥор ылан, тиэнэн дьиэтигэр айаннаабыта. Оттон Аанча ойуун барарын кытта сотору өлбүтэ. Лойут олус хомойбута уонна иһигэр элбэҕи эргитэ санаабыта. «Маҥнайгы кэргэним Мачыана өстөһүө суохтаах. Кини өлүөн аҕай иннинэ ис дууһабытын аһан, дуоһуйа кэпсэппиппит. Хайаан, өлөн баран, өстөһөн өс аахса сылдьыай?.. Аны Дуудакаан албыннаан көрүүлэммитэ буолаарай? Кэнники, хаһан эмэ, билиэм буоллаҕа». Кини сотору 40-ча саастаах Дьэбдьиэй диэн соҕотох дьахтары кэргэн ылбыта. Кинилэр санаалара табыллан, эмиэ эйэлээхтик олорбуттара. Ити кэргэнин кытта хас да сыл олорон баран, биирдэ, өйдөөн кэлэн, «бэйи, Дуудакаан хайдах ойуунун билиэм, сымыйанан ойууннаабыт буоллаҕына, кэһэтиэм» диэн, кимиэхэ да эппэккэ, бэйэтин ис санаатын толорорго былааннаммыта.
Биир күн бултуу барбыта уонна киэһэ олус улаханнык ыалдьан, кэлээт, ынчыктаан иэрийэ-иэрийэ, оронугар кыл тыына эрэ сыппыта. «Хаһан да ыалдьыбатах бэйэм өлөр ыарыыбынан ыарыйдым быһыылаах. Дьэ, Дьэбдьиэй, кытаат, быраатым аахха бар. Ньукуус түргэнник баран Дуудакаан ойууну аҕаллын. Ыксаабыт үһү диэн ойууҥҥа этиэхтин!» диэбитэ Лойут. Онуоха Дьэбдьиэй эрэйдээх ытыы-ытыы сэттэ биэрэстэлээх ыалга тэбиммитэ. Ньукуус абаҕатын илдьитин истээт, атынан ойууҥҥа ыстаннарбыта. Дуудакаан илдьити истээт, иһигэр иҥсэрэ санаабыта: «Лойут өлгөм астаах-үөллээх, үс-түөрт сүөһүлээх үчүгэй ыал. Сатаатахпына, обургу соҕус өттүк харалаах кэлээ инибин» диэн эрдэ сиэбит-аһаабыт саҕа буолбута. Түргэнник хомунан, түүннэри айаннаан, икки аҥаар көһү атара сэлиинэн астаран, түүн ортотун саҕана кэлбиттэрэ. Дьэбдьиэй дьиэтигэр кэлэн, ас үчүгэйин бэлэмнээн, көмүлүөк оһоҕун күндээрдэ оттон, ойуун кэлэригэр бэлэм олорбута. Дуудакаан кэлээт, чэйдии түһээт, кыырарга тэриммитэ. Ньукуус ойуун чэйдиэр диэри дүҥүрүн, таҥаһын ириэрэн куурдубута. Лойут өйүн сүтэрэн араастаан үлүгүнэйэрэ, арыт улаханнык хаһыытаан ынчыктыыра.
Ойуун сотору олбоҕор олорон, ол-бу иччилэрин-эмэгэттэрин ыҥыртаан баран, ыарыһахха кэлэн үрдүгэр дүҥүрүн охсо-охсо ынырыктаахтык кутуран доллоһуппута: «Арах, арах, улуу-дьаалы хотун дьахтар! Өстөөҕүм диэн үөр абааһыта буолан, үрүҥ тыынын быһан эрэҕин дуо? Тохтоо, болҕой!» диэн тохтуу-тохтуу туойан, кыыран кыырайа сылдьыбыта.
Лойут эмискэ туран кэлээт, Дуудакаан өссө да кыыран эккирии турдаҕына, саҕатыттан харбаан ылаат, оҕо курдук ыстаанын сулбурутан баран, кыпчыйан олорон таһыйан лабырҕаппыта. Дуудакаан ыарыытын тулуйбакка үөгүлээбитэ: «Тохтоо, абыраа, өлөрүмэ, аһын!» дии-дии көрдөспүтэ. Онуоха Лойут өссө күүскэ таһыйан биэрбитэ. «Хара түөкүн, албыннаан ойууннуургун билээри сымыйалаан ыалдьыбыта буолбутум. Билигин албыҥҥын биллим, ээххин этитиэм! Эн дьону албыннаан баар-суох сүөһүлэрин өлөртөрөҕүн. Соболоҥҥор манньа бөҕөтүн ылаҕын! Ону барытын төлөтүөм! Ыл, кырдьыккын эт, аны ойууннуоҥ дуу, суох дуу?» дии-дии эбии таһыйбыта. Ойуун ыарыытын тулуйбакка өйүн сүтэрэн, уҥан ылбыта. Онтон өйдөнөн баран ытыырын быыһыгар: «Өлөрүмэ, күн буол, тохтоо! Кырдьык, аһыыр-таҥнар кыһалҕаттан албыннаан кыырар этим. Аны хаһан да ойууннуом суоҕа, ылбыт аспын-үөлбүн төннөрүөм, төлүөм. Абыраа, тохтоо, ыыт!» диэбитэ Дуудакаан.
Эн миэхэ тугу да төннөрүмэ. Дьонтон албыннаан ылбыккын барытын аны сааскыга диэри төннөр. Төннөрбөтөх буоллаххына, ыаллартан ыйытан биллэхпинэ, тыыҥҥын иһиллиэм! диэн сэрэппитэ.
Дуудакаан дьиэтигэр дэлби таһыллан кэннинэн олорбот, киһи өйөбүлэ суох кыайан хаампат буолан тиийбитэ. Дьонугар сымыйалаабыта: «Улаханнык ыарыйдым. Аны абааһыларбар хаһан да ойууннуо суох буолан андаҕайдым», диэбитэ. Хойут, кырдьык, ойууннаабатаҕа дииллэр, төлөбүрүн да ким ылааччыга төннөрбүтэ. Сорох дьон төттөрү ылбатахтара үһү.
Лойут итинтэн ыла ойууннары итэҕэйбэт буолбута. Кэнники үс ойууну «ыарыйдым» диэн тус-туспа кэмҥэ ыҥыран кыырдарбыт, олор эмиэ сымыйанан көрүүлэнэн дэлби таһыллыбыттар. Лойукка «ээхтэрин этэн», ойууннуулларыттан аккаастаммыттар. Дьонтон албыннаан ылбыттарын төннөрүөх, төлүөх буолан андаҕайбыттар. Кини таптыыр кэргэнэ Мачыана мэҥэтигэр тиийэн, кириэһин кууһан туран иһиллэр гына улаханнык эппит: «Күн сиригэр көлдьүн-албын ойууннар эн сырдык ааккын албыннаан киртитэн үөр абааһыта оҥоро сылдьыбыттарын иһин эттээх хааннарыттан иэстээн, кинилэри кэһэттим, албыннаабыттарын айахтарынан таһаардым. Күндү доҕорум, эйиэхэ мин хом санаам суох, билигин да эйигин умнубаппын. Эн дууһаҥ анараа дойдуга да куруук ыраас буоллун! Эйиэхэ хоп, албын тиийбэтин».
VIII
Лойут олорор күөлүн таһынан ыраахтааҕы дьаамын суола Орто Халыматтан Дьокуускайга диэри субуллара. Бу суолтан ыал ырааҕа суох буолан, дьаамнаахтар Лойуттаахха таарыйан итиилээн, чэйдээн, тото-хана аһаан абыранан ааһаллара. Онно дьаамынан ааһааччы араас чыыннаах тойоттор, полицейскайдар, хаһаактар махтанан-баһыыбалаан бараллара үһү. Кини кэргэнигэр Дьэбдьиэйгэ этэрэ: «Мин билигин кыайан бултуурум тухары ас-үөл элбэх, онон айан дьонун үчүгэйдик аһатан ыытар буол. Кэннибитигэр хаалар кэнчээри ыччата суох дьоммут, онон дьолбут диэн дьон сылдьан үчүгэйдик аһаан, махтанан-баһыыбалаан барара буолуохтаах».
Биир тымныы кыһын Орто Халыматтан дьаам суолунан икки хаһаак биир хаайыылааҕы нуучча киһитин хомбуойдаан, хандалы кэтэрдэн айаннаабыттар. Хаһыс да күннэригэр Таас Күөлүн таһынан иһэн, хатан тымныы хаарыйан, чэйдиир-аһыыр наадатыттан, суолтан туораан Лойуттаахха барбыттар. Александр Дьяков диэн сахалыы билэр хаһаак уруккуттан кинилэргэ таарыйан чэйдээн, аһаан, итиилээн ааһара. Дьиэлээхтэр өссө киниэхэ эт, балык биэрэн өйүөлээн ыыталлара. Онон үчүгэйдик билсэр дьонугар тиийэриттэн үөрэ испитэ. Доҕоругар ол туһунан: «Иван үчүгэй киһи, онно тохтоон үчүгэйдик аһаан, ирэн ааһыахпыт», диэбитэ. Онуоха аргыһа, титирээн-тоҥон иһэр киһи, улаханнык үөрбүтэ. Оттон эгэ хандалы тимиргэ хам ылларбыт хаайыылаах-сыылынай муҥнаах үөрбэт буолаахтыа дуо?
Дьэбдьиэй айан дьоно, аттаах сыарҕалаахтар иһэллэрин көрөн, эт буһараары солуурчаҕын үрдүгэр түспүтэ. Лойут хантан эрэ бултаан кэлэн олороро. Онуоха Дьяков:
Ну, Иван, друг, биһигини чэйдэт, аһат! Бисиги тоҥно баар. Эйиэхэ хойут таҥара махтаныа, диэбитэ.
Хаһаактар тас таҥастарын устан, көмүлүөк оһох суоһугар иттэ турбуттара. Оттон хаайыылаах бэргэһэлээх үтүлүгүн ороҥҥо устан ууран баран, уокка иттээри кэлбитин Дьяков буойбута: «Ороҥҥо баран олор!» диэбитэ нууччалыы. Ону Лойут сэрэйэ охсубута, кыыһырбыта. «Хаайыылааҕы саатар уокка иттэрин буойаллар. Киһи дии! Абата буолан, мин дьиэбэр тойомсуйаллар, итинник буоллаҕына, кинилэргэ көрдөрүөм» диэн абара санаабыта, атаҕыттан этэрбэһин уста олорон түргэнник ойон туран, хаайыылаахха кэтэрдибит хандалы тимирдэрин, хаппыт үөтү тоһутар курдук, хас да сиринэн тосту тутуталаан ылбыта уонна хандалыттан босхоломмут нууччаны уокка сиэтэн аҕалан, «итин, доҕор» дии-дии санныга таптайбыта. Тоһутталаммыт хандалы тимирин Дьяковка сирэйигэр үҥүлүппүтэ:
Маннык хабараан тымныыга ханна куотуон, буруйдаах эрэ диэн, хандалы кэтэрдэн сордуугун. Өссө уокка иттэрин бобоҕун! Мин дьиэбэр тойорҕоомоҥ! Мин аал уотум, онно кими баҕарар итиннэриэм. Бу хандалыҥ тимирдэрин харай! диэбитэ.
Кини улахан буруйдаах, куруук хандалы кэтиэхтээх. Ыраахтааҕы ыйааҕа оннук! Дьяков куттанан кэннинэн чугуруҥнаабыта.
Иккис хаһаак тоҥон бөҕүөрбүт илиитинэн саатын үрдүгэр түспүтэ. Ону уруттаан Лойут сааны сулбу охсон ылан, оһох кэннигэр элиппитэ. Дьиэ иһинээҕилэр бары куттанан ылы-чып турбуттара. Дьэбдьиэй, тоҥ балыгын сороҕун эрэ кыһаат, эр дьону уоскутаары, остуолга кэлэн, аһыылларыгар көрдөһөн ыҥырбыта. Бары саҥата суох чэй иһэ, аһыы олорбуттара. Эт буһан, остуолга хоторуллан ууруллубута. Лойут үчүгэй сыалаах эти талан, хаайыылаах нуучча иһитигэр уурбута. Аһаан бүтэн айанныылларын саҕана сыаҥаан тириитэ мөһөөччүккэ буспут эти уонна куобах истээх сарыы үтүлүгү хаайыылаахха биэрбитэ. Онуоха ол нуучча үөрэн Лойуту уураан ылбыта үһү. Хаһаактар туох да буолбатаҕын курдук махтанан, быраһаайдаһан барбыттар.
Дьэбдьиэй хоноһолоро баралларын кытта оҕонньорун сэмэлээбит:
Оҕонньор, кырдьаҕас киһи эрээригин, куттаммакка, саалаах дьону кытта утарылаһаҕын. Хаһааҥҥыттан доҕордоспут хаайыылааххын көмүскэстиҥ! Арай итиннэ хаһаак ытан кэбистин?!
Ыраахтан ытан кыайыахтара, оттон чугаска, тутуһан турар сиргэ, билигин да, бука, сыал буолбатах баҕайым ини? Абата бэрт! Мин кими баҕарар бэйэм дьиэбэр итиннэриэм, аһатыам. Оттон кинилэр ыалга тойорҕооботуннар ээ. Хаһан хаайыыларыгар тиэртэхтэринэ, онно да ыраахтааҕыларын сокуонун киһилии сиэрдээхтик толордуннар, диэбит Лойут илдьиттээн эрэрдии. Итиэннэ, балайда саҥата суох олорон баран: Эмээхсин, нууччалары куһаҕан дьон курдук санаама. Кинилэр баар үтүө дууһалаах, үөрэхтээх, өйдөөх дьон. Ыраахтааҕы былааһын, баай батталын утаран, хаайыылаах буолан хаатыргаҕа, сыылкаҕа кэлэллэр үһү. Ону миэхэ сахалыы билэр нуучча кэпсээбитэ. Кырдьыга даҕаны, маннык ыраах Хоту дойдуга дьон бэртэрэ буолан, бачча тымныыны тулуйан сырыттахтара.
Хаһаактар Дьокуускайтан төннүүлэригэр эмиэ биир хаайыылааҕы хомбуойдаан, мас хандалыны кэтэрдэн айаннаабыттар. Кулун тутар ый бүтүүтүн диэки Лойут олоҕор чугаһаан иһэннэр, биир дьаамҥа тохтоон, аттарын аһаппыттар. Онно Дьяков ыйыппыт: «Күүстээх Иван дьиэтэ чугаһаата дуо?» диэн. Онуоха дьаамнаах: «Ырааҕа суох. Сотору тиийиэхпит», диэбит.